,,Маснави,, быданнааҕыта суруллуоҕуттан бу билиҥҥи биһи кэммит күннэригэр диэри аҕыс үйэ тухары аан дойду үрдүнэн кэрэхсэнэн ааҕыллар кинигэ быһыытынан биллэр.
Бэрт элбэх омук тылыгар тылбаастанан тарҕанна, бу айымньыларга араас быһаарыылар, ырытыылар, тойоннооһуннар сурулуннулар.
,,Маснави,, төһөнөн үөрэтэр-такайар, сүбэ-ама буолар суолталааҕый - соччонон сиэргэ-майгыга, итэҕэли тутуһарга, духуобунай эйгэҕэ сирдьит буолар оруоллаах.